Школьные новости
Визитка школы
Республика Саха
Верхневилюйск
Образование в улусе
Администрация
Самоуправление
Конституция
История школы
МО учителей
Прогимназия
Лицейские классы
Спортивные успехи
Персональные стр.
Наши ветераны
Наши выпускники
Кружковая работа
Техработники
Летние лагеря
Гостевая книга
Авторы сайта

МОНАСТЫРЕВ
Василий Григорьевич
(25.01.1856-1914 саас)

      Революция иннигэр Yёhээ Бу’лу’у’ оскуолатыгар саамай уhуннук у’лэлээбит учууталлартан биирдэстэрэ Мэнэ-Ханалас улууhугар баар Мёну’ру’ён диэн ааттаах нэhилиэк киhитэ Василий Григорьевич Монастырев буолар. Кини 25.01.1856с. тёрёёбу’тэ. А5ата тёhё да дьаданы буоллар, сытыы-хотуу киhи буолан уолун бастаан приходскай начальнай училище5а у’ёрэттэрбит. Онтон салгыы уолаттар у’ёрэнэр 6 сыллаах классическай   прогимназияларыгар биэрбит. Кыра Монастырев у’ёрэ5эр наhаа у’чу’гэйдик у’ёрэнэн прогимназияны ситиhиилээхтик бу’тэрбит. Ол иhин кинини Иркутскайга учительскай семинария5а мэктиэлээн ыыппыттар. Семинарияны бу’тэрэн начальнай оскуола учууталын идэтин ылан Сахатын сиригэр кэлбитин Орто Бу’лу’у’гэ анаабыттар. Ити 1876с. эбит. Онно биир  кылаастаах министерскэй училище5а учууталлаабыт. Онтон 07.01.1878с. Ньурба Мархатын биир кылаастаах училищетыгар ыыппыттар. Онно икки сыл у’лэлээбитин кэнниттэн 27.02-1880с. Орто Бу’лу’у’ Хампатыгар ыыппыттар. Хампа5а 2 сыл у’лэлээбитин кэнниттэн эмиэ Марха5а  тёттёру’ ыыппыттар. Ити 1882 сыл ыам ыйын 20 ку’нэ эбит. Бу сырыыга Марха5а 9 сыл учууталлаабыт. Онтон 19.11.1891-19.10.1895сс. ити сыллар икки ардыларыгар ханнык эрэ биричиинэлэринэн учууталлаабатах.

      19.10.1895 сылтан Yёhээ Бу’лу’у’гэ кэлиэр диэри Марха5а учууталлаабыт.

      Василий Григорьевич Монастырев 1898с. Yёhээ Бу’лу’у’гэ кэлбит, уонна 1898 сылтан 1914 сылга диэри учууталлаабыт.

      Кини Yёhээ Бу’лу’у’гэ учууталлыыр сылларыгар Саха сиринээ5и Окружной Суут 1903с. ахсынньы 30 ку’ну’нээ5и 100 N-дээх дьаhалынан у’с сыл устата Бу’лу’у’тээ5и уокурукка Бочуотунай Мировой Судьуйанан ананан сылдьыбыт.

      Василий Григорьевич Монастырев икки медаллаах. Кини 1897 сыллаа5ы перепиhи ыытыспытын иhин “Темно бронзовая медаль за труды по переписи 1897 года” диэн медалынан на5араадаламмыт уонна 1898с. “В память царствования Императора III”- диэн Yру’н кёму’с медалынан на5араадаламмыт.

Ёбугэлэр ёйдёбуллэрэ
Кини утуё аата умнуллубат

       Норуот киэн' эйгэтигэр уёрэ5и, сырдыгы тар5атыспыт учуутал умсул5аннаах улэтин кэрэ тумуктэрэ уйэлэртэн уйэ тухары умнуллубат, ёбугэлэр ёйдёруттэн ёлбёёдуйбэт. Оннук утуё ёйдёбулу хаалларбыт дьоннортон биирдэстэрэ Василий Григорьевич Монастырев учуутал буолар.
       Кини Мэн'э улууhугар 1856 сыллаахха дьадан'ы кэргэн'н'э тёрёёбутэ. 1914 сыллаахха ёлбутэ. А5ата сытыы-хотуу, хорсун киhи этэ. Якутскай куоракка киирэн оспуоччутунан, онтон ийэтэ куорат баайдарыгар хамначчытынан улэлээбитэ. Уоллара аан ман'най приходскай начальнай училище5а уёрэммитэ. Онтон салгыы алта кылаастаах уолаттар уёрэнэр классическай прогимназияларыгар уёрэммитэ. Yёрэххэ дьо5урдаах уолу прогрессивнай ёйдёёх-санаалаах нуучча учуутала К.Кокоуман бэлиэтии кёрён кинини Иркутскайга учительскай семинария5а уёрэххэ мэктиэлээн киллэрбитэ.
       В.Г.Монастырев семинарияны ситиhиилээхтик уёрэнэн бутэрээт тёрёёбут Сахатын сиригэр учууталлыы кэлбитэ. Оччолорго кини саха ыччаттарыттан биир бастакынан идэтийбит уёрэхтээх учуутал быhыытынан биллибитэ. 1876 сыллаахха Орто Булуугэ биир кылаастаах Министерскай училище5а учууталлаабыта. Хара ман'найгыттан о5олору уёрэтиигэ улахан дьо5урдаа5ын кёрдёрбутэ. Баайдар батталларын сёбулээбэт, дьадан'ылары кёмускуурун иhин уёрэхтээх учууталы олохтоох улуус чёмчёкёлёрё кырыылаах харахтарынан кёрбуттэрэ, араастаан холуннаран эккирэппиттэрэ, улэлиир кыа5ы биэрбэтэхтэрэ. Онтон кини уобалас начальствотыттан кёрдёhён, ун'эн-суктэн Марха улууhугар кёспутэ. Манна эмиэ оскуола5а утуё суобастаахтык саха о5олорун аа5арга, суруйарга, ахсаан'н'а уёрэппитэ.
       Yрдук культуралаах, аналлаах педагогическай уёрэхтээх учууталы В.Г.Монастыреву уобалас салалтата сан'а оскуола аhылларынан сибээстээн Yёhээ Булуу улууhугар уёрэх министерствотын начальнай училищетын сэбиэдиссэйинэн уонна учууталынан анаабыта. Кини бу оскуола5а оло5ун тиhэх куннэригэр диэри ёр олохсуйан утуё суобастаахтык уёрэх-сырдык кыымын тар5атыспыта, нэhилиэнньэ улахан ытыктабылынан туhаммыта. В.Г.Монастырев учуутал аата-суола киэн'ник сура5ырбыта.
       Оччотоо5у учууталлартан В.Г.Монастырев ёй-санаа уонна уёрэтэр методика ёттунэн ойуччу урдук миэстэ5э турара. Арай кинини кытта биир таhымн'а эмиэ сахаттан бастакы идэтийбит учууталлар Сунтаарга Элгээйи оскуолатыгар улэлээбит Д.Д.Сивцев, Ёлуёхумэ улууhугар улэлээбит Г.П.Фомин эрэ тураллара. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин учугэйдик билсэллэрэ, улахан до5ордуу учууталлар этилэр.
       В.Г.Монастырев саха о5олорун уёрэтиитигэр нуучча уhулуччулаах учууталларын К.Д.Ушинскай, В.И.Водовозов, Н.А.Корф учебниктарынан уонна методикаларынан туhанара. Бэйэтин кинилэр улэлэрин сал5ааччынан аа5ынара. Киhи кэрэхсиирэ баар; олох биир да тылы нууччалыы билбэт саха о5олорун биир сыл устата нууччалыы кэпсэтэргэ уёрэтэрэ. Саха о5олорун нуучча тылын таптыырга, ити улуу тылынан умсугуйар буолалларын утумнаахтык ситиhэрэ. Кини уруоктарын нуучча тылынан ыытара, о5олор бэйэ-бэйэлэрин кытта нууччалыы кэпсэтиhиилэрин ситиhэрэ, кылаас таhыгар аа5ыылары тэрийэрэ, суругунан улэ5э улахан бол5омтотун уурара. Онтон ахсаан'н'а эмиэ туспа методикалаа5а. О5олор толкуйдуур дьо5урдарын сайыннарарга аналлаах усулуобуйалаах ахсааны ёйтён булан таhаарыыга, суоттуурга уёрэтэрэ.
       Yёрэхтээх саха учуутала начальнай оскуола урдуку кылаастарын о5олоругар аа5ыы бэрээдэгинэн историяны, айыл5а уёрэ5ин, литератураны бэйэтин ба5а ёттунэн ыытара. Онон Yёhээ Булуу начальнай оскуолатын бутэрбит о5олор салгыы уёрэнэллэригэр улахан чэпчэтиини он'ороро. Бу улуустан тахсыбыт бастакы кёлуёнэ уёрэхтээх дьоннору иитэн-уёрэтэн таhаарыыга В.Г.Монастырев учуутал утуётэ-ён'ётё улахан. Маны тэн'инэн кини уёрэх о5олорун общественнай туhалаах улэлэри толорууга уёрэтэрэ. Оскуола о5олоро учууталларын кё5улээhининэн о5уруот астарын ууннэрэллэрэ, айыл5а бар5а баайын чинчийэллэрэ, кэтээн кёрууну ыыталлара. Yёрэх кэнниттэн музыка5а, ырыа5а, уруhуйга уонна уус-уран аа5ыыга уёрэнэллэрэ.
       В.Г.Монастырев бу дойдуга кэргэннэнэн туёрт о5оломмута. Матвей диэн уола гражданскай сэрии кыттыылаа5а, Лидия диэн кыыhа А.Г.Потапов врач кэргэнэ, Анна уонна Анастасия диэн кыргыттара эмиэ советскай былаас бастакы сылларыгар улэhиттэр этилэр. Кинилэр а5аларыгар уёрэнэн бары уёрэхтэммиттэрэ.
       Yёhээ Булуу олохтоохторо бэйэлэрин бастакы сырдатааччыларын, учууталларын аатын, ён'ётун умнубаттар.

Виктор Федорович Афанасьев.
РСФСР Саха сиринээ5и педагогическай
обществотын председателэ,
педагогическай наука доктора.
"Коммунизм сардан'ата" хаhыат 1982 сыл муус устар
29 кунунээ5и N-риттэн.

Монастырев учуутал

       Быйылгы 1996 сыл- бу Yёhээ Булуутээ5и Исидор Барахов аатынан орто оскуола коллективын ону ааhан улуус общественноhын бутуннуутун оло5ор кэрэ-бэлиэ суолталаах дьылынан буолар. Ол курдук угус ыччаты уёрэхтээбит орто оскуолабыт тёруттэммитэ 120 сыла томточчу туолла. Улуус саамай кырдьа5ас оскуолата ыраахтаа5ы былааhын са5ана оччотоо5у Yёhээ Булуу улууhун киинигэр Куорамыкыга 1876 сыллаахха куhун тэриллибитэ. Оччотоо5у оскуола олохтоммут бастакы сылларыттан ыла уёрэнэр о5олорго оскуола дьиэтин иЬигэр пансион диэн аhыллыбыт. Итиниэхэ нэhилиэктэртэн биирдии о5ону ылан пансион'н'а олордон, аhатан туран оскуола5а уёрэттэрэр эбиттэр. Булуу уокуругун 2-с Yёдугэй нэhилиэгин Куорамыкы куёл урдугэр 1876 сыл ман'най икки, кэлин туёрт сыллаах буолбут народнай училище аhыллан улэлээн барбыта.
       Оскуола5а элбэх сыллар усталарыгар учууталлаабыт дьоннортон ордук прогрессивнай ёйдёёх-санаалаах Митрофан Гаврилович Неустроев (1877-1892сс.) уонна Василий Григорьевич Монастырев (1898-1914сс.) буолаллар. Митрофан Гаврилович ус бырааттыы Неустроевтартан биирдэстэрэ. Ол курдук кини убайа Урсик диэн ааттаммыт сахалартан бастакы ученай, револ?ционер Константин Гаврилович Неустроев этэ. Оттон В.Г.Монастырев учууталлааhына улууска уёрэх тар5аныытыгар ыччаты прогрессивнай ёйгё-санаа5а иитиигэ чахчы суду сабыдыалы он'орбутун уhулуччу бэлиэтэнэр. Кини уёрэппит дьонуттан И.Н.Барахов, Муся Потапова, Руф Кардашевскай курдук револ?ционнай ыччаттар уунэн тахсыбыттара. Учуутал быhыытынан Василий Григорьевич учугэй бэлэмнээх, сахалыы киэн'и, ыраа5ы кёрёр, дьоhуннаах толкуйдаах, санаалаах буолан оччотоо5у нэhилиэнньэ5э улаханных убаастанар эбит. Yёрэнээччилэрэ ахталларынан лоп-бааччы тылынан сахалыы ёйдётён уёрэтэр, быhаарар угэстээ5э.
       1903 сыллаахха оччотоо5у улуус кулубатыттан Потапов Егор Ефимовичтан Якутскайтан сылдьар уёрэх инспектора Огородников 4 тыhыынча солкуобайга сан'а тутуллубут дьиэни атыыласпыта. Ол оскуола дьиэтэ урут райпотребсо?зка этэ, билигин "ГАЗ" тэрилтэтэ буолан олорор.
       Василий Григорьевич учууталлыы олордо5уна Егор Терешкин диэн Сунтаар улууhун баайа Россия5а ыраахтаа5ы ын'ырыгар баран ыалдьыттаан баран 1901 сыллаахха тённён иhэн таарыйан сылдьыбыта. Монастырев В.Г. Егор Терешкины кытта уёрэнээччилэрдиин кёрсуhууну тэрийбитэ. Ити били саха народнай суруйааччыта Николай Якутскай "Ада5а" диэн сэhэнигэр киирбит герой Терешкин сылдьан ааспыт эбит.
       В.Г.Монастырев 16 сыл устата дойду он'остон олохсуйан, тиhэ5эр, дэлэ5э тан'ара дьиэтин таhыгар кёмуллуё дуо? 1914 сылга "Монастырев личнэй дьыалата" диэн'н'э маннык суруллубут; Монастырев В.Г.- православнай итэ5эллээх, орто учуутал уёрэхтээх. 1897 сыллаа5ы перепись ыытыллыытыгар учугэй улэтин иhин боруонса мэтээллээх диэн. Онтон 1912 сыллаахха олунньу 10 кунунээ5и докумуон'н'а Станиславскай лиэнтэ5э "Дьулуурдаах улэтин иhин" диэн туёскэ кэтиллэр мэтээлгэ туhэриллибит эбит. Ити иннинэ 1911 сыл бэс ыйын 9 кунугэр Саха сирин уобалаhын народнай училищелар инспекциятынан Илин Сибиир училищеларын кылаабынай инспекторыгар ходатайство ыытыллыбыт. Ити 1021 N-дээх дьыала5а этиллэринэн "За усердие" диэн Александровскай лиэнтэ5э суруллубут урун' кёмус мэтээлгэ туhэриллибит эбит. Онтон икки урдук мэтээлгэ туhэриллибит бёдён' учуутал улэлээн ааспыт эбит.
       Василий Григорьевич учууталлыыр сылларын 1878 сылтан Мархатаа5ы приходскай училище5а са5алаабыт. Онтон 1880 сыллаахтан Орто Булуугэ приходскай училище5а ананан улэлээбит. Ол кэннэ Мархатыгар тённён ус сыл улэлээбитин кэннэ 1898 сыл от ыйын 20 кунуттэн биhиги улууспут оскуолатыгар анаммыт эбит. Эмиэ биhиэхэ улэлии сырытта5ына уhун учугэй, энкилэ суох улэтин иhин аны Аннинскай лиэнтэ5э суруллубут урун' кёмус мэтээлгэ туhэриллибит эбит. Бэйэтин дьыалатын учугэйдик билэр, улахан опыттаах учуутал этэ. Якутскайтан сылдьар бэрэбиэркэлиир инспектордар Атласов уонна Попов Саха сирин уобалаhын губернатора господин Крафт бэрэбиэркэлиир кинигэ5э учугэй улэтин урдуктук сыаналаан суруйан хаалларбыттар эбит- диэн биллиилээх кырдьа5ас учуутал Лебедкин Андрей Дмитриевич ахтыытыгар баар. Андрей Дмитриевич ёссё бигэргэтэн Василий Григорьевич учугэй улэтин иhин араас кэмнэргэ ылбыт 4 мэтээллээх этэ диэн суруйбут эбит.
       Учууталлыырын бутэhик сылларыгар, ол да иннинэ, Булуу эбэ биэрэгэр киирэн олорор таптыыр бёдён' таастаа5а уhу. Онно олорон ыраа5ы ётё кёрёрдуу ёргё дылы одуулаан олороро уhу диэн Куорамыкы былыргы кырдьа5астара номох курдук кэпсиир буолаллара. Тан'ара дьиэтин тиэргэнигэр урут мас пааматынньыга турарын урукку орто оскуола пионерскай дружината кёрён-истэн харайар этэ, кэлин бытовой тэрилтэтэ учугэй гына тутан дьон-сэргэ кёрён ааhарын тэрийбитэ. Улахан учуутал, интеллигент киhи, сырдатааччы Василий Григорьевич Монастырев аатыгар Исидор Барахов аатынан орто оскуола коллектива суhуёхтуун сугуруйэн дирин'ник махтанар.

Уйбаан Ороhуунускай.
"Yёhээ Булуу " хаhыат 1996 сыл
сэтинньи 28 кунунээ5и N-тэн.

<<< Назад на Ветераны                                                                                        Республика Саха (Якутия)
с. Верхневилюйск
© SakhaLand 2003



Сайт управляется системой uCoz