Кружковая работа
Воспитание и только воспитание - цель школы.
Иоганн Генрих Песталоцци
О5о бу араас хайысхалаах куруhуоктарга,
холбоhуктарга сылдьан, биир курдук- киhи
быhыытынан иитиллэр, иккис курдук- олоххо
бэлэмнээх тахсар.
Ол курдук, биhиги
оскуолабытыгар айымньылаахтык у’лэлииллэр:
Клавдия Васильевна Иванова салайааччылаах
“Yрдэл” научнай общество, Алевтина Ивановна
Николашкина салайааччылаах “Бараховец”
литературнай ту’мсу’у’, Екатерина Васильевна
Абрахова салайааччылаах “Дьээ-буо” фольклорнай
куруhуок, Федора Гаврильевна Пахомова
салайааччылаах “Эдэр худуоhунньук” куруhуок,
Мотрена Алексеевна Тарасова салайааччылаах
вокальнай-хоровой ырыа куруhуога, Людмила
Егоровна Николаева салайааччылаах “Кэрэчээнэ
Куо” мода студията, Елена Аркадьевна Потапова
салайааччылаах у’нку’у’ куруhуога. Барыта 15
куруhуок, ту’мсу’у’ уонна 8 секция
айымньылаахтык у’лэлиир. Маны таhынан, биhиги
о5олорбут о5о искусствотын оскуолатыгар, о5о
спортивнай оскуолатыгар у’ёрэнэллэр уонна
дьарыктаналлар.
Саха Республикатын у’ту’ёлээх учуутала, Саха
республикатын суруйааччыларын союhун чилиэнэ
Петр Поликарпович Одорусов “Иэйии” диэн
литературнай куруhуогу у’лэлэтэн элбэх о5о,
тёрёппу’т махталын ылбыта. Тёhё да бочуоттаах
сынньаланна та5ыстар, ити курдук о5олор,
учууталлар дууhаларын тута биhиги кёлу’ёнэ
учууталлар бу Исидор Барахов аатынан орто
оскуола5а у’ктэнээт кини у’ту’ё су’бэлэрин,
элбэх энергиялаа5ын, ёру’у’ у’ёрэ-кётё
сылдьарын, дьонно у’ту’ё сыhыаныгар ёру’у’
киниттэн холобур ылабыт уонна иитиллэбит.
Билинни
ыччат техника5а ку’у’скэ тардыhар кэмигэр
мотоцентр “Вираж” орто, улахан саастаах
уолаттартан водитель “А” категориятын сыл аайы
о5о ыларын ситиhэр.
Научнай-интеллектуальнай
“Yрдэл” (салайааччы Иванова К.В.), ”Юный
историк” (салайааччы Федотова Т.И.),
“Программист” (салайааччы Семенов Е.Е.)
иитиллээччилэрэ улуус, республика
ку’рэхтэhиилэригэр ситиhиилээхтик кытталлар,
кыайыылаахтарынан буолаллар.
Республика Саха (Якутия)
с. Верхневилюйск
© SakhaLand 2003
|